Иһинээҕитигэр көс

1907

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1903 1904 1905 1906 — 1907 — 1908 1909 1910 1911
Уоннуу сыллар
1870-с 1880-с 1890-с — 1900-с — 1910-с 1920-с 1930-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ

1907 сыл.

  • Олунньу 9 — Лондоҥҥа "Кирдээх хаамыы" буолбут, Дьахталлар быыбардыыр бырааптарын наассыйалыы сойууһа (NUWSS) тэрийбит бастакы бөдөҥ аахсыйата.
  • Олунньу 25 — Сабахаттин Али — турок суруйааччыта, бэйиэт, учуутал.
  • Муус устар 7 сыллаахха Күлүмнүүр Саха сиригэр холуобунай буруйдаахтары көскө ыытары утаран, «Якутский край» хаһыакка ыстатыйа таһааттарбыт.
  • Муус устар 10 — Пётр Столыпин Дуумаҕа сир реформатын былаанын кэпсээбит.
  • Муус устар 25 — сахалар култуураларын сөргүтүү туһунан дакылааты Петрограакка национальнай территориальнай учууталлар сойуустарын учредительнай сийиэһигэр Виктор Николаев аахпыт. Кини Байыаннай медицинскэй академия устудьуона эбит. Бу дакылаат кэлин 1916 с. «Якутские вопросы» хаһыакка бэчээттэммитэ.
  • Муус устар 28 — "Якутский край" хаһыат наборщига Алампа Соппуруонап бүтүн олоҕун тапталын Евдокия Яковлеваны ойох ылар. Бу кэмҥэ Алампа сайын аайы Булуҥҥа Кирилэ Дабыыдап балыктыыр биригээтэтигэр суруксуттуур эбит. Эһиилигэр борокуотунан Булуҥҥа чугаһаан иһэн улахан тыалга түбэһэллэр, баарсаҕа тимирэн эрэр дьону быыһыы сылдьан хат дьахтар дэҥнэнэр, онно оҕо куотар. Бу ыал оҕоломмотохторо. Уһулуччулаах бэйиэт элбэх хоһооно Дуунньатыгар анаммыта. Евдокия Константиновна 1971 сыллаахха 80 сааһын туолан баран өлбүтэ.
  • Муус устар 30 — Лондоҥҥа РСДРП V сийиэһэ аһыллыбыт. Большевиктар уонна меньшевиктэр бииргэ ыыппыт тиһэх сийиэстэрэ.
  • Ыам ыйын 10 — Арассыыйа импиэрийэтин миниистирдэрин сэбиэтин бэрэстээтэлэ Пётр Столыпин Госдуумаҕа аатырбыт тылларын эппит: «Эһиги улуу аймалҕаҥҥа дьулуһаҕыт, оттон биһиги — улуу Арассыыйаҕа».
  • Ыам ыйын 23 — Финляндия Түмэнэ бастакы мунньаҕыгар мустубут.
  • Бэс ыйын 14 — Норвегияҕа дьахталлар быыбардыыр бырааптарын ассоциацията дьахталлар түмэн (парламент) быыбарыгар кытталларын ситиспит.
  • Бэс ыйын 16 — Арассыыйаҕа II Государственнай дуума ыһыллыбыт (маны "Третьеиюньский переворот" диэн ааттаабыттара, ыраахтааҕы сокуонунан дууманы ыһар бырааба суох этэ). Бу Дуумаҕа саха дьокутааттара талыллар кыахтаахтара, быыбар от ыйын 15 күнүгэр буолуохтааҕа, Саха уобалаһыттан 16 быыбардааччы (выборщик) талыллыбыта, онтон аҕыһа саха этэ[1]. Ону переворот сотон таһаарбыта. Быыбар саҥа сокуонунан, Орто Азия, Саха сирин уонна сорох атын омук оройуоннарын омуктара быыбартан туоратыллыбыттара.
  • Бэс ыйын 26 — Айанньыт, географ, этнограф, суруйааччы Владимир Арсеньев Уссурига иккис эспэдииссийэтин саҕалаабыт. Кини суруйбут кинигэтинэн аатырбыт дьоппуон режиссера Акира Куросава "Дерсу Узала" диэн киинэни устубута.
  • От ыйын 1 (уруккуннан бэс ыйын 18) — Николай Афанасьев диэн саха учууталын аатыгар нууччалыы уонна сахалыы тахсар «Якутский край» — «Саха дойдута» хаһыакка көҥүл бэриллибит. Бу хаһыат Саха сирин аан бастакы легальнай демокрааттыы хаһыата этэ. Бастакы нүөмэрэ от ыйын 14 күнүгэр (уруккунан 1 күнүгэр) тахсыбыта. Сүрүн таһаарааччылар Афанасьев, көскө сылдьар болдьоҕо түмүктэммит эсер Михаил Сабунаев уонна гимназия учуутала В.В. Жаров этилэр. Бастакы эрэдээктэринэн Бүлүүттэн төрүттээх Семен Корякин буолбута. Хаһыаты бэчээттиир массыынаны атыылаһарга үбү атыыһыт Петр Кушнарев уонна Баһылай Никифоров (Күлүмнүүр) биэрбиттэрэ[2].
  • От ыйын 16 — Саха уобалаһын статистикаҕа кэмитиэтэ Кэмпэндээйи тууһун чинчийэр соруктаах эспэдииссийэни Сунтаарга ыытар туһунан быһаарыы ылыммыт[3].
  • От ыйын 17 — Санкт-Петербурга нуучча-дьоппуон сөбүлэҥэ түһэрсиллибит. Өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин сирдэрин былдьаспат, Кытай тутулуга суоҕун ытыктыыр, Манчжурияны нуучча уонна дьоппуон сабыдыаллыыр сирдэригэр араарар (хоту өттө Арассыыйа киэнэ, соҕуруу өттө — Япония), Кэриэйэни Япония анал интэриэстээх сиринэн ааҕар, оттон Монголияны Арассыыйа анал интэриэстээх сиринэн ааҕар туһунан сөбүлэспиттэр.
  • От ыйын 27 — Кэмпэндээйи тууһун үөрэтэр сыаллаах Петр Драверт уонна П. Оленин Дьокуускайтан Сунтаарга эспэдииссийэҕэ аттаммыттар.
  • От ыйын 29 — Роберт Баден-Пауэлл Англияҕа Браунси арыыга оҕолорго анаан бастакы скауттар лааҕырдарын арыйбыт. Бу лааҕыр скауттар хамсааһыннарын саҕалаабыта.
  • Ыам ыйын 7 — Владимир Андреев — РСФСР уонна Саха АССР наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, биология дуоктара, профессор (өлб. 1987).
  • Ыам ыйын 9 — Күннүк Уурастыырап, Новиков Владимир Михайлович - саха норуотун поэта.
  • Ыам ыйын 27 — Амма Абаҕатыгар аатырбыт олоҥхоһут, тойуксут Устин Нохсоров. 1938 сыллаахха дьыалаҕа эриллэ сылдьыбыта, баартыйатыттан уһуллубута. Буруйа дакаастаммакка хаайыыттан тахсыбыта, ол эрээри бүтэһиктээх реабилитация 1992 сыллаахха эрэ оҥоһуллубута (1951 с. өлб.).
  1. ↑ А.Н. Жирков Первый областной съезд якутов 1912 г.. — Якутск: Бичик, 2020. — Т. III. — С. 26. — 312 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-7696-5607-1
  2. ↑ Н.Е. Афанасьев. О дореволюционных газетах, в которых я принимал участие. — Рукописный фонд ЯФ СО АН СССР. Отдел истории, оп. 40, д. 1. — С. 1 — 2
  3. ↑ https://new.nlrs.ru/day-on-the-calendar Архыыптаммыт 2024, Ахсынньы 19 күнүгэр.