Иһинээҕитигэр көс

1896

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1892 1893 1894 1895 — 1896 — 1897 1898 1899 1900
Уоннуу сыллар
1860-с 1870-с 1880-с — 1890-с — 1900-с 1910-с 1920-с
Үйэлэр
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ

1896 сыл.

  • Ыам ыйын 11 — Томскайдааҕы технологическай институт олохтоммут (билигин Томскайдааҕы политехническэй университет).
  • Ыам ыйын 30
    • Москубаҕа Ходынка хонуутугар Николай II хоруона кэтиитигэр анаммыт күүлэй кэмигэр 1300-тэн тахса киһи (былаастар ааҕыыларынан 1389, оттон атыттар сыанабылларынан 4 тыһыынчаҕа тиийэр киһи) ыгыллан уонна тэпсиллэн өлбүт.
    • Нью-Йорк куоратыгар устуоруйаҕа бастакы массыына саахала буолбут. Массыына уонна бэлисипиэт харсыспыттарыгар бэлисипиэттээх киһи атаҕын тоһуппут.
  • Бэс ыйын 2 — Улуу Британияҕа Италияттан төрүттээх Гульельмо Маркони араадьыйаҕа патент ылаары сайаапка түһэрбит.
  • Бэс ыйын 2 — Боотур Уус улууһугар өр кэмҥэ көскө олорон саха тылын кырамаатыкатын чинчийбит Сергей Ястремскай (1857—1931) босхолонон Иркутскайга, онтон салгыы Одессаҕа көһөн барбыт. Бу Харьков дэбэрээнин уола 1886 с. Саха сиригэр көскө ыытыллыан иннинэ ,устудьуоннуу сылдьан өрөбөлүүссүйэни бэлэмниир үлэҕэ кытынна диэн буруйданан 9 сыл хаатыргаҕа сылдьыбыта. Саха сиригэр уон сыл олорбута.
  • Бэс ыйын 3 — Москубаҕа Кытай уонна Арассыыйа импиэрийэтин бырабыыталыстыбалара кистэлэҥ дуогабар түһэрсибиттэр. Ол дуогабарынан Арассыыйа Кытайы Япония сэриилээтэҕинэ көмүскүөх буолбут уонна КВЖД диэн ааттаммыт тимир суолу Манчжурияҕа тутар быраабы ылбыт.
  • Бэс ыйын 4 — Генри Форд Ford Quadricycle диэн бастакы бензининэн барар массыынатын оҥорон бүппүт уонна тургутан көрбүт.
  • Бэс ыйын 15 — Япония устуоруйатыгар ордук улахан цунами 22 000 тахса киһи олоҕун быспыт.
  • Атырдьах ыйын 9 (урукку ааҕыынан от ыйын 28) — Иркутскай магнитно-метеорологическай обсерваториятын дириэктэрэ Аркадий Вознесенскай анаан-минээн эрдэттэн бэлэмнэнэн тиийэн Өлүөхүмэ аттынааҕы Чекурово сэлиэнньэҕэ күн өлүүтүн кэтээн көрбүт[1]. Бу айанын ИРГО уонна Нуучча астрономическай уопсастыбата үбүлээбиттэр. Ый Арассыыйаҕа Саҥа Сир арыыттан саҕалаан, Енисей алын тардыытынан Өлүөхүмэ үрдүнэн 180 км кэтиттээх сиринэн күнү толору бүөлээбитэ, Өлүөхүмэ Өлүөнэ үрдүгэр турар буолан, онно оччотооҕуга атын сирдэргэ холоотоххо, дөбөҥнүк тиийиэххэ сөбө.
  • Атырдьах ыйын 16 — Канаада арҕаа өттүгэр Клондайк диэн үрэххэ кыһыл көмүс көстүбүт. Элбэх айымньыга, ол иһигэр Джек Лондон кинигэлэригэр ахтыллар «Көмүс үлүскэнэ» саҕаламмыт — сүүс тыһыынча киһи байар абылаҥар ылларан көмүс көрдүү аттаммыт. Бу күн билигин да Доусон куоратыгар киэҥник бэлиэтэнэр.
  • Атырдьах ыйын 27 — Англия-Занзибар сэриитэ: устуоруйаҕа саамай кылгас 38-тан 45 мүнүүтэҕэ дылы эрэ уһуннаах сэрии буолбут. Англичаннар Занзибар саҥа султанын сөбүлээбэккэ кини дыбарыаһын хараабыллартан ытыалаабыттар уонна түргэнник бэриннэрбиттэр.
  • Алтынньы 30 — Иркутскайдааҕы генерал-губернатор Александр Горемыкин уонна урбаанньыт Николай Глотов Өлүөнэ өрүһүгэр борокуоттары сырытыннарар туһунан бастакы самалык дуогабарга илии баттаабыттар. Бу сөбүлэһии быһыытынан 1897 сыллааҕы навигацияҕа Уус Куттан Саха сиригэр таһаҕас уонна дьон таһыытыгар хааһынаттан төлөбүр 50 737 солк. 50 харч. тахсыа суохтаах эбит.
  1. ↑ Антонов Е.П., Аргунова Л.А., Иванова Р.Н. История Якутского отделения Русского географического общества. — Якутск: Якутская республиканская типография им. Гагарина, 2025. — С. 14. — 200 с. — 500 экз. — ISBN 978-5-6050715-1-8