Иһинээҕитигэр көс

1885

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1881 1882 1883 1884 — 1885 — 1886 1887 1888 1889
Уоннуу сыллар
1850-с 1860-с 1870-с — 1880-с — 1890-с 1900-с 1910-с
Үйэлэр
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ

1885 сыл.

  • Тохсунньу 15 — Үөһээ Дьааҥыга метеостанцияҕа −67,1 °C кыраадыс бэлиэтэммит. Кээмэйдээһини көскө олорор учуонай Сергей Ковалик (1846-1926) оҥорбут, метеостанцияны Александр Бунге (1803-1890) диэн Билим акадьыамыйатын эспэдиисийэтин салайааччыта кэлэ сылдьан тэрийбит. 1892 сыллаахха эмиэ манна олунньуга өссө тымныы −67,6 °C кыраадыс бэлиэтэммитэ. Үөһээ Дьааҥы кыһын уонна сайын ыккардыларыгар ордук улахан ураты тымныылаах-итиилээх сир быһыытынан Гиннес рекордун кинигэтигэр киирбитэ.
  • Олунньу 5 — Бельгия хоруола Леопольд II Конго Көҥүл судаарыстыбатын бэйэтин «тус бас билиитинэн» биллэрбит. Африка ортотугар сытар сирдэри билим өттүттэн чинчийбитэ буолан Леопольд хоруол олус киэҥ сирдэри бэйэтин бас билиитигэр ылбыт. Мантан ыла Конго хааннаах колонизацията саҕаламмыта. 1880-1920 сылларга Конго олохтоохторун ахсаана икки төгүл аҕыйаабыта.
  • Олунньу 18 — АХШ-ка Марк Твен «Гекльберри Финн мүччүргэннээх сырыылара» диэн кинигэтэ тахсыбыт.
  • От ыйын 6 — Франция учуонайа Луи Пастер ииригирии (бешенство) утары быһыыны бастакытын ситиһиилээхтик киһиэхэ туһаммыт. 9 саастаах Жозеф Мейстер диэн уол ыалдьыбыт ыт ытырбытын кэннэ быыһаммыт.
  • Атырдьах ыйын 29 — Ньиэмэс конустурууктардара Готтлиб Даймлер уонна Вильгельм Майбах бастакы матассыыкылы оҥорбуттар.
  • Балаҕан ыйын 6 — Илиҥҥи Румелия Болгариялыын сойуустаһарын туһунан биллэрбит, билиҥҥи Болгария холбоһуута түмүктэммит.
  • Балаҕан ыйын 29 — Англияҕа аан дойду бастакы электрическэй трамвайа үлэтин саҕалаабыт. Бу иннинэ трамвайдар атынан соһуллар этилэр.