Иһинээҕитигэр көс

1870

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1866 1867 1868 1869 — 1870 — 1871 1872 1873 1874
Уоннуу сыллар
1840-с 1850-с 1860-с — 1870-с — 1880-с 1890-с 1900-с
Үйэлэр
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ

1870 сыл.

  • Тохсунньу 10 — Америкаҕа Джон Д. Рокфеллер Standard Oil диэн ньиэп хостуур хампаанньаны тэрийбит. Бу хампаанньа биир кэмҥэ ньиэп хостооһунугар аан дойдуга монополист буола сылдьыбыта. Кини арахсыытыгар үөскээбит хампаанньалар ExxonMobil, Chevron, ConocoPhillips уо.д.а. билигин да аан дойдуга саамай улахан ньиэп хостуур тэрилтэлэр ахсааннарыгар киирэллэр.
  • Ыам ыйын 29 — Арассыыйа миниистирдэрин кэмитиэтин быһаарыытынан Оренбург генерал-күбүрүнээтэрэ башкиирдары Сибииргэ ыытар быраабын бигэргэппиттэр. 1887 сыллаахха Саха уобалаһыгар дьиэ кэргэттэрин кытта көскө кэлбит башкиирдар ахсааннара 3 тыһ. тиийбит.
  • От ыйын 18 — Арассыыйаҕа забастовканы эрдэттэн тохтотор туһунан циркуляр тахсыбыт, күбүрүнээтэрдэр көҕүлээччилэри ыраах күбүөрүнэлэргэ көскө ыытар быраабы ылбыттар.
  • От ыйын 19 — Ватикааҥҥа баар Сибэтиэй бөрүстүөл римнээҕи папа аньыыта-харата суоҕун туһунан догмааты бигэргэппит.
  • Балаҕан ыйын 19 — Франция уонна Пруссия сэриитин кэмигэр пруссактар Париж куоратын төгүрүйбүттэр. Түөрт ый тухары төгүрүктээһин кэнниттэн Париж бэриммитэ.
  • Балаҕан ыйын 20 — Италия холбонуута түмүктэммит. Италия сэриилэрэ Папа Судаарыстыбатын ылбыттар уонна Римҥэ киирбиттэр. Папа Пий IX ону билиммэтэх уонна дыбарыаһыттан Ватикан томторугар көһөн тиийэн олохсуйбут.
  • Бэс ыйын 13 — Жюль Борде (1870 — 6.4.1961) төрөөбүт, Бельгия бактериолога. Кини аатынан билигин бордетелла диэн бактерия ааттанар.